Туоххаһыйыы тойуга
4:04

Текст песни

Тэһийбэт, тулуйбат түүннэргэр доҕоруом, Күүтэр, кэтэһэр күҥҥүнэн мин буолуом, Ахтар, айманар да түгэҥҥэр сэгэриэм, Ырыа ыалдьыттаах эйиэхэ тиийэн кэлиэм. Хос ырыата: Ааспат, арахпат Ахтылҕан буолан Аттыгар куруук Баар буолуом. Туоххаһыйбыт сүрэххин Тойугунан толоро Кэлбит курдукпун Бу дойдуга олоро. Хоргутар, хомойор түгэҥҥэр доҕоруом, Ырыа-тойук ылбаҕай тыла уоскутуо. Кэлэйэр кэмсинэр кэмнэргэр сэгэриэм, Ыллам ыралаах эрэнэр иэйии кууһуо. Хос ырыата. Үөрэ-көтө дьоллонор кэмҥэр доҕоруом, Ыраахтан сылдьан үөрүүгүн үллэстиэм…