Доҕорбор
3:37

Текст песни

П-в: Онтон мин эн сэрэйбэккиттэн сордонобун Эн эрэ тускар бу сиргэ мин олорорбун Эн хаһан да сүппэт хааллааҥҥа баар сулускун Ол эрэн куруутун эйиэхэ мин чугас эрэ доҕорбун Ким да билбэт толорутук эн биһи сыһыанмытын Ааспыт аастын былыт саптын Хараҥаны сырдык барытын Бу тыллар тиийдиннэр эйиэхэ тыал ноҥүө Уруккум да курдук мин эйиигин харыстыам көмүскүөм истиий Мин уларыйа иликпин таптаан бүтэ иликпин Өскөтүн эрэнэҕин миэхэ эн унууй утары илииигин Миэхэ кыра бириэмэ наада этэ бэйэбин буларбар Түүнүн утуйбаппар онон манан сылдьан буккулларбар Эн эрэ өйдүөх тустааххын күнүм ыйым тахсар былааным Бырастыы гын чыычааҕын ардыгар суохпун быһылааҕа мин Күн дьыл аастаҕына мин суолум эйиэхэ аччыыр Ол эрэн иккистээн таптаабыппын мин эйиигин ол чахчы Миэхэ урут маннык суолтан тэйэр кыратык Оччоҕо дьэ өйдүүбүн быһылаах сүрүн суолтаны барытын Ардыгар сөп да суолга быдан элбэх сымыйа кырдьык Онтон мин олохпор эн саамай дьиннээх сырдык П-в: Онтон мин эн сэрэйбэккиттэн сордонобун Эн эрэ тускар бу сиргэ мин олорорбун Эн хаһан да сүппэт хааллааҥҥа баар сулускун Ол эрэн куруутун эйиэхэ мин чугас эрэ доҕорбун Ооу билэрим буоллар мин кистэлэҥ тапталбын Эн аттыгар куруутун баарбын доҕор буоламмын мин Хайдах этиэхпин билбэппин эн эрэ аймыыргын сүрэхпин Куттанабын билиниэхпин күндү киһибин тэһитиэхпин Билигин аттыбар баар буолууй мин кэрэ сэгэриэм Аҕалыый илиилэргин билиий сүрэҕим тэбиитин Бу олохпор хаалбыт дьоллоох күннэрбин Барытын эйиэхэҕэ уунан бэлэхтиэҕим Сор да буоларым миэхэҕэ сөп курдук Ол эрэн таптыыбын уонна таптыаҕым куруук Дьол туругурдун эн мичээргэр мин Дьылҕам оонньутунан санаабын билбэккэҕин П-в: Онтон мин эн сэрэйбэккиттэн сордонобун Эн эрэ тускар бу сиргэ мин олорорбун Эн хаһан да сүппэт хааллааҥҥа баар сулускун Ол эрэн куруутун эйиэхэ мин чугас эрэ доҕорбун x2