Текст песни
Имэрийиэм сылаас иэдэстэргин
Сипсийэн этиэм эн миэнэҕин
Билэбин эн онтон үөрэҕин
Үөрэн мин эрэлбин күөдьүтэҕин
Эппитим санаам ситимэ сүтүмэ
Эргиччи суолбун хаар бүрүйүмэ
Эрэлбин хара былыт бүөлүү турунума
Сэгэриэм эн миигин умнума
Уостан эрэр дуу
Уоран суолбут туспа устар дуу
Ол туһунан бу толкуйгун
Тохтот кыйдаа ыраах
Ахтылҕан сүрэхпэр умайда
Сүрэхпин сылыппат Дьокуускай Туймаада
Харахтарын эн кэрэ сылаас бэйэҕин
Түүлбэр эрэ мин көрөбүн
Эн аттыгар ол туспа өрүс кытыл нөҥүө
Мин олоҕум сырдык дьүһүнэ
Олоҕум соҕотох чаҕылхай сулуһа
Тапталлаах доҕоруом олоҕум аргыһа
Суруллар сурукпар эн буолуоҕун
Мин сүрэҕим сүрүн кэпсээнэ
Олоҕум соҕотох чаҕылхай сулуһа
Тапталлаах доҕоруом олоҕум аргыһа
Суруллар сурукпар эн буолуоҕун
Мин сүрэҕим сүрүн кэпсээнэ
Ыһыктан ыыттым ытыстаргын
Эбэтэр сүтэрдим дуу ыллыкпан
Айар кутум ырыатын кытта
Ама дьолбун атастастым
Оо сөптөөх суолу талбыппын
Биитэр олох мин сыыстардым
Хаамабын хаарга соҕотоҕун суолбун хаалларан
Эн кууһар илииҥ сылааһын суохтаан тумаҥҥа мунан
Билэбин сыыстардым буккуллан да бардым дуо мин
Салгыы салгын олохпор тиийиэ дуо мин ону билбэппин
Үрдүккэ баҕарабын үрдүккэ ыҥырабын
Батыһыма кэннибиттэн эн аттыбар хаам тэҥҥэ
Сэгэриэм истиий мин сыалбын син биир ситиэм
Эрэнэбин ол аата эйиэхэ эргиллиэм
Олоҕум соҕотох чаҕылхай сулуһа
Тапталлаах доҕоруом олоҕум аргыһа
Суруллар сурукпар эн буолуоҕун
Мин сүрэҕим сүрүн кэпсээнэ
Олоҕум соҕотох чаҕылхай сулуһа
Тапталлаах доҕоруом олоҕум аргыһа
Суруллар сурукпар эн буолуоҕун
Мин сүрэҕим сүрүн кэпсээнэ