Текст песни
Эн харахтаргар мин, тимирдим куһун курдук
Мин харахтарбар эн, тилиннин сибэкки курдук
Сайыҥҥы сибэккибэр, кыһыҥҥы салгын үрэр
Эйиэхэ уу оннутугар, баккар кыым оонньуура ордук.
Умат миигин, сүрэхпин букатын иэйииннэн
Күлэргинэн, тилиннэр туох баар иэдээнтэн
Сүүстэ этиэм, кэмсимэппин ол күһүнтэн
Эн кэлбиккиттэн, олохпун киэргэпикиттэн
Хаарынан туолла бу куораппыт уларыйда
Уоттары бары ыланнар умуллардылар
Ол уулусса эрэ араҕас өҥнөрө тыгар
Эн чуумпуну кулэр санан дэлби уларытар
Эн аттыгар чугаһаан иһэбин эн бэлэмҥин
Бэлэмҥин диэн ыйытыахпын бэйэбин да билбэппин
Бу сөкүүндэлэр миигин хос хос өлөрөллөр эбит
Иккиэн ону билэбит ол эрэн биллэрбэппит
Кууһан ылыам этэ да кыаҕым тиийбэт, этэ
Баттахтаргын аргыый тутан хомуйан имэрийэн ылыам
Тыллыам эн аттыгар саҥа күн уотунуу тыгыам
Этэ да кыбыстартар этэрбэр кыах тиийбэт
Тиийбэтэ да үөрдэр, ол долгутар икки төгүл
Сүрэх тэбиитин түргэтэр күлгүн
Үөрэргин өйдөөммүн хартыынабын өннүүбүн эргийэммин төптөрү
Умат миигин, сурэхпин букатын иэйииннэн
Күлэргинэн, тилиннэр туох баар иэдээнтэн
Сүүстэ этиэм, кэмсимэппин ол күһүнтэн
Эн кэлбиккиттэн, олохпун киэргэпикиттэн
Эдэр уоттуу, умайыый дуу
Кыһыҥҥы түүлгэ, хаар курдук ууллууй
Эдэр уоттуу, умайыый дуу
Сайыҥҥы ардахтыы, кустугу булууй