Таптыыр музыкам
3:56

Текст песни

Бу сиргэ мин маҥнайгы көрбүт сулустарым Эн арылхай хара харахтарын Маҥнайгы бүтэһик бигээбит былаттарын Эн нарын сылаас ийэм ытыстарын Эн эрэ миигиттэн охторбун күүппэккин Түһэр түгэни үүннэҕинэ ытыскын биэрэҕин Бастакы бу сиргэ таптаабыт мин музыкам Ийэм сүрэҕин тэбиитэ тохтоомо хаһан да Улаатан баран ахтабын атаахтыыр кэмнэрбин Кэмсинэбин кэм миэнэ оннук ббо хойутаан Хаста кэлбитим буоллар эйиигин эккирэтэн дьиэбэр хойутаан Түөскэр баары өйдөөн намчы музыканы аймаан Санаабар бу олоробун хоспор куттана Эн киирэн кэлэн быһыыр этин Хорсун мин аанньалым Эн эрэ таскар сууланан харана түүннэ куттаммаппын Билигин эйиигин санаатахпына олоҕум тымныытын умнабын Тулуйабын умнабын уустуктарбын ааһабын Махтанабын кэрэ олоҕу биэрбитин иһин Үрүү ыллата уоскэтэр таптыыр тылларым Ийэ ийэ ийэээ Махталым эйиэхэ муҥура суох үлэттэн чэрдээх илиилэргэр, Тобуктаан туран көрдөһөбүн ол ааспыт алыгы оҕо саас алҕастарбар, Онноогор кыра сылдьан ыалдьан утуппатах түүннэрбэр, Ийэм истиий харахтаргын симэннин, Түөскэр оонньууллар мин таптыыр матыыптарым, Кинилэри истэммин олох сылайбаппын, Көрдөһөбүн кини бу сиргэ өрүүтүн туойдуун Маҥнайгы көрбүт сулуустарым эн хара харахтарын Биһи кэммит быллыттарыын Ийэм сылаас ытыстарыын Охторбун күүппэккин Таптыыр мин музыкам Ийэм сүрэҕин тэбиитэ тохтооботун кини хаһан да Тулуйабын умнабын уустуктарбын ааһабын Махтанабын кэрэ олоҕу биэрбитин иһин Үрүү ыллата уоскэтэр таптыыр тылларым Ийэ ийэ ийэээ