Текст песни
Ыраатарбар ахтар
Барарбар сайыһар
Үөрэрбэр үөрсэр
Киһим буоллуҥ эн
Сыһыаны сылытар
Кыр дьылы ыыр ыытар
Соҕуругар уоскутар
Киһиҥ буоллум мин
Айыыларбар махтал
Хаан ыйбын булбуппар
Суолбун аналбар ыйан
Биэрбит тар ыйга
Эр санаа эбэр киһилээхпэр
Хомолто эмтэнэр сирдээхпэр
Иэйиибин тилиннэрэр
Дьол кытылыгар тиийбиппэр
Миигин хайҕаа
Миигин хайҕаа
Сэгэртэйим биһирээ
Сүрбүнэн күүһүрдэн
Миигин хайҕаа
Миигин хайҕаа
Куппун абылаа
Санаабын сааһылаан
Миигин хайҕаа
Миигин хайҕаа
Сэгэртэйим биһирээ
Сүрбүнэн күүһүрдэн
Миигин хайҕаа
Миигин хайҕаа
Куппун абылаа
Санаабын сааһылаан
Сир сүрэҕэ ханна баарый
Мин соҕурум хайдах сылый
Хотугу муора курдук тымныым
Барыта эн буолаҕын тыыным
Аламай күнтэн саҕалаан
Төгүрүк ыйга диэри
Илиибиттэн тутан ылан
Сырдыкка сирдээриий
Суоллары суоллаарыый
Көстүбэт дириҥ күүстэн күлүмнэтэн
Аргыый салҕаарыый
Таптыыбын эйиигин диэн
Күн батыһан мин түүл туһунан
Тыл таһаараммын ыллаатаҕым
Сүүс сылынан тыл буларбын
Эйигин буламмын ыллаарыбын
Һой уо һой уо һой уо һой уо һой йоһуо
Уолу кытта миигинниин хойҕоо дуо
Һой уо һой уо һой уо һой уо һой йоһуо
Оллур боллур суоллартан тэҥҥэ ой
Алай ыыбын алыастаа
Кутаа миигин эн таптаа
Туман тулаҕын тылга тистим
Тиллэр кэрэҕин ойуулаан
Адырҕайтан иннибэр
Адырыйыыбар кынат буол
Айар аарбын ылынан
Сырдык туску тилэхтээ
Миигин хайҕаа
Миигин хайҕаа
Сэгэртэйим биһирээ
Сүрбүнэн күүһүрдэн
Миигин хайҕаа
Миигин хайҕаа
Куппун абылаа
Санаабын сааһылаан
Миигин хайҕаа
Миигин хайҕаа
Сэгэртэйим биһирээ
Сүрбүнэн күүһүрдэн
Миигин хайҕаа
Миигин хайҕаа
Куппун абылаа
Санаабын сааһылаан