Текст песни
Мин байыам мин тахсыам мин уратыбын
Көрүҥ мин киэҥ көҕүспүн хайдах мин күүстээхпин
Ымсыырбыппын барытын ылабын сирэбин талабын
Хараҕым таптыы көрбүтэ миэнэ биэрбэтэхтэринэ
Уоран былдьаан ылыаҕым дьону мин албынныаҕым
Болҕой көр бэйэҕиттэн ылбатахтарына бэдэргиттэн
Күөх оту тукаам сырсыма тыал уларыйарын умнума
Бу орто туруу дойдуга олут да байбыт баар этэ
Олортон хайалара да үйэтэ уһаабыта көстүбэтэ
Арай хаалар олоххо
Киһи аата номоххо
Ханна бааллар айыылар хайалара көрбүтэй
Киммитэй барыларыгар кэпсээбитэй
Халлаан көрүҥүтүүй түү бүтэй
Суолга итэҕэл кэһиитэ
Итэҕэйдэргин оҕотун иитиэҕэй
Оччоҕуна мин испэр итэҕэл хантан кэлиэҕэй
Сыыһа сыыстааҕар элбэх
Таҥара олох биэрбитэ бэлэх
Ким итэҕэллээх аан дойдулуун эйэлээх
Аан дойдулуун эйиэлээх өрүү харысхал бэлиэлээх
Хараҥа түүн түгэҕэр мунабын
Арыгыта суох күүлэй суох
Эдэрбин ди мин өссө
Көрбөтөҕүм элбэҕи
Маны иһэллэр ол иһин иһэбин
Бэйэм дьоммун билэбин
Туох киирдэ кыах киирдэ
Бары иһэллэр ол иһин иһэбин
Маҥнай да үрүүмкэни киһи иһэр
Иккис үрүүмкэ киһини иһэр
Оннооҕор күөх моҕойдоох
Эстэн эрэй доҕордоох
Хостуом ди мин күндү тааһы
Аһыммаппын бу сырайы
Уолуйбаппын көлү аайы
Аһыммаппын тылы бөлү
Киһи олоҕо оннук
Оҥоһуута ордук
Мин буруйум отой суох
Харчыта суох олох суох
Өлөр күҥҥэр өйдүөҕүн
Өлөрбүт үөҥҥэр тэҥнээх
Сиэри туому кэһимэ
Сири буору киртитимэ
Айыыларгын кэлэтимэ
Куккун сүргүн сүтэримэ
Аал уотум иччитэ Хатан Тэмиэрийэ
Уот оххон тойон эһэкээм
Умай күөдьүй
Күлүм аллай
Бороҥ урааҥхай удьуора
Өбүгэм уотун уолларына
Сайаҕас саха сыдьаана
Умнума тымырдаргар өбүгэм хаана
Бороҥ урааҥхай удьуора
Өбүгэм уотун уолларына
Сайаҕас саха сыдьаана
Умнума тымырдаргар өбүгэм хаана