Текст песни
Сүрэҕим сөбүлүүр, хараҕым харыстыыр,
Сырдык санаам эйигин куруутун саныыр,
Дууһам миэнэ эйиигин эрэ
Ордорон барбыта, сөбүлээн барбыта...
Чуумпу күөх муора кытыла көстүбэт...
Аттыбар эн баарын суоҕун биллибэт...
Хайдаххын билбэппин таайыллыбат бэйэҕин...
Эн мин олоҕум таабырынаҕын...
Эйигин эрэ хоһуйан ыллыыбын,
Бу тапталым туһунан арылхай ырыабар,
Эн ааккын эрэ, доҕоруом аныаҕым,
Түүннүү сырдык халлаан сулуһун суһумар...
Чуумпу күөх муора кытыла көстүбэт...
Аттыбар эн баарын суоҕун биллибэт..
Хайдаххын билбэппин таайыллыбат бэйэҕин..
Эн мин олоҕум таабырынаҕын...