Кэҕэ (remix)
3:13

Текст песни

Сэҥээрэн истэбин түүннэри, Кэҕэчээн, эн дьикти саҥаҕын, Алаастар уйгулаах кэмнэрин Уруйдуур-айхаллыыр ырыаҕын. Эн эрэ биһиэхэ кэллэргин, Эн эрэ түүннэри эттэргин, Ол аата сайыммыт саҥарар, Ол аата уйгубут улаатар. Сайылык үөрүүтүн үксэтэн, Дойдугун этэрин киэргэтэн, Сотору тиһэххин чоргуйуоҥ, Эн ыраах айаҥҥа хомунуоҥ. Эн эрэ биһиэхэ кэллэргин, Эн эрэ түүннэри эттэргин, Ол аата сайыммыт саҥарар, Ол аата уйгубут улаатар. Сэҥээрэн истэбин түүннэри Кэҕэчээн, эн дьикти саҥаҕын Алаастар уйгулаах кэмнэрин Уруйдуур-айхаллыыр ырыаҕын. Эн эрэ биһиэхэ кэллэргин, Эн эрэ түүннэри эттэргин, Ол аата сайыммыт саҥарар, Ол аата уйгубут улаатар.