Ырыабар хоһуйан
3:40

Текст песни

Ырыабар хоһуйа сатааммын эйигин Элбэх да күннэрбин-түүннэрбин бараатым. Ол гынан чопчу диэн бу тылтан чугаһы Уратыны тэҥнээҕи мин кыайан булбатым. Арайын эйиэхэ тэҥнэһиэх үрүҥ түүн, Сайыҥҥы далбарга күөрэгэй ырыата, Уһаҥҥын наҕыллык сэгэйэ хаамаргар Хонууга сибэкки чэчирэ тыллара. Чулуутук да туттар бэйэккэм билигин Утуйар да уубун умуннум букатын. Күн аайы кистээмин сэрэнэн соҕустук Эн ааккын хатылаан өрүтэ тыынабын. Тапталбар билинэн кытарчы буһаммын, Тириттим-хоруттум олуһун, доҕоттор, Хомойуох да иһин түүл буолан хаалбыта, Хайыамый ол кэннэ, кыһыытын-абатын.