Текст песни
Саҥа кэм саҥа үктэл саҥа олох саҥа сүктэл
сытар санаа сүтэр саҥа санаа саһан үтэр
саас кэлэр тыал үрэр сүрэх тэбиитэ күүһүрэр
тапталлаахтар сиэттиһэн хаамсаллар үтүктүһэн
күнтэн күн кыччаан иһэр аччаан иһэр олохпут чааһа
ону ол диэбэппит билбэппит даҕаны өй чычааһа
ким чычааҕар күн чычааҕа буолан баар буолар күн аайы
ким чычааҕар ый чычааҕа буолан баар буолар түүн аайы
кэллин аайы күндү баайын курдук көрсөрө бу баара
аара хаара уута тохтотуо да суоҕа туох да маара
ким да буоллун туох да буоллун көрбөккүн эн атын уолу
кини эрэ баар кини эрэ хаар үктээн булбут сүрэххэр суолу
туох да буоллун кэннигэр эн иннигэр онтуҥ сотуута
дьылҕа суолун туора ойуута баар буолуута дьол туолуута
дьон куруутун туох баҕар тугу баҕар этиэхтэрэ
кэпсиэхтэрэ кэпсии сылдьыахтара кэпсээтиннэр ол туох да диэтиннэр
Эн миигин ким диигин
сэрэнэн сиэттэрбин илиигин
билиниэн дуо билиниэн дуо
эн миэхэ сипсийэн этиэн дуо
Төһө да сир көхсө киэҥ эн уонна мин эн биһи иккиэн
бииргэ буолуохпут иккиэн эн буолаҕын мин сибэкким
сырдыкка сирдиир соҕотох суолдьут доҕоруом эн эбиккин
мин сулуһум буол мин суругум тиий мин туспунан өссө тугу билбэккин
мин кистиэм суоҕа эйигиттэн тугу да тугу барытын кэпсиэм
мин эстиэм суоҕа биһигиттэн төһө да этистэрбит истиэм
эн санааҕын эн былааҥҥын эн толкуйгун эн халлааҥҥын
мин сылдьыам куруук ыраастыы эн былыттаргын ыһыам араастык
күн дьыл аастын эн сылааскын уларытыам суоҕа хайа да кырааскаҕа
хайа да кыыска хайа да сыыска эн сүрэҕин баар мин ытыспар
оспот баас диэн суох ону билэбин
хоскор саспыт дууһам этэбин
итэҕэйэн эрэбин дьиҥ тапталга
биир тапталга дьылҕам махтал
итэҕэй миэхэ көрдөһөбүн мин көрдөрөбүн мин хайдахпын бэйэбин
эйигин таптыы сыллыы сылдьыам этэбин ол иһин кэлэбин
билэбин үөрэбин эйигин көрөммүн бэйэбин булабын бэриниим эрэниим
сэгэриим сэрэнэн сэгэтэн сэрэтиим сэһэним симэтин ситэрэн ситэриим
Эн миигин ким диигин
сэрэнэн сиэттэрбин илиигин
билиниэн дуо билиниэн дуо
эн миэхэ сипсийэн этиэн дуо