Олорботох олох
4:01

Текст песни

Туохтаагый онно билигин кэпсэппэппин эйигин кытта Атын кыргыттар бааллар билэбин кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттар Ыттар өйдүүллэр онноогор ыттар көрдүүллэр унуогу Мин эмиэ көрдүүбүн наар биири билбэтим багар булуогум Тылбын биэрбитим тохтуогум диэн да төттөрү ылбытым Кыыһырбытын өйдүүбүн барытын Онно мин суохтуогум диэбитим Ол күн билэбин истибэтэгин буолуо эн Хоско малгын хомуна сылдьан эппитин арахсыахха диэн Онтон ыла ордон ылар сарсыарда буһарыммыт аһым Иһиппин сууйбаппын барыта турар Төбөбөр куолаһын иһиллэр наар Ыһыы хаһыы этэ бу дьиэгэ наар охсуһарбыт Этиһэрбит ким хайдагын ырытарбыт Кыыһырсарбыт айдаарсарбыт иһиллэрэ аллараа үөһээ Ол эрэн эйэлэһэрбит эмиэ иһиллэрэ Бүтүн эрэ дииллэрэ тоҥсуйаннар Таптаһаннар уоскуйаннар дьоннор Ону өйдөөбөттөр дуу хайдах дуу уопсайынан. Припев: Эйигинэ суох олохпун олорбот курдукпун Ол иһин уларыйабын барытын умуннум Эйигинэ суох олохпун олорбот курдукпун Ол иһин букатынныы хатыыбын мин уруккубун Мин таптыыбын эн астаабыт аскын ахтабын суохтуубун Эн курдук астыы сатыыбын да куруук аһара туустуубун Устуулум алдьаммыт атага ааспыкка уолаттары кытта Буруолаан баран эйиэхэ эрийбитим буотта Туох туох диэбиппин өйдөөбөппүн да буоллар бырастыы Табаарыстыы хаалыахха саатар эбэтэр тиийэбин да тахсыый Уонна хаһан да хайыам суога Бүттэ бүттүм бырахтым бу Бырахтарыма диигин итэгэйбэккин дуу Мин эйигинэ суох кыайан көрбөппүн олохпун бэйэбин булбаппын Ханна да тахсыбаппын оронтон турбаппын Аһаабаппын сугун күннэ биирдэ эрэ нэһиилэ Эһиил аһыырым буоларым дуу ону даганы кэһииннэн Билигин эрэ манныккын диэмэ Кыччаата ологум иэнэ Эйиэнэ миэнэ барыта бу турар да бүөлүүр истиэнэ