Саҥа күн
4:47

Текст песни

Сүрэҕим эн, айарым абылаңа эн, Бу киэҥ халлаан Эн эрэ хараххар көстөрө. Ол күн этэ биир сааскы киэһэ, Эйигин тапталым, аналым буоларгын Сэрэммэккэ сүтэрбитим. Саңа күн эйигинэ суох Дьоллоох буолбатын сэрэйэбин, Күөх ыраах халлааны одуулаан Эйигин саныыбын, ахтабын. Сүрэҕиэм өссө да уоскулаңы Билбэт, билбэт, билбэт... Билэҕин эн, ол дьикти күһүңңү кэм Эргиллибэтин, төннүбэтин... Ол эрэн мин, сарсыарда уһуктан, мин Сырдыкка дайабын, күнтэн мин үөрэбин, Сүрэҕим ырыатын ыллыыбын. Саңа күн эйигинэ суох Дьоллоох буолбатын сэрэйэбин, Күөх ыраах халлааны одуулаан Эйигин саныыбын, ахтабын. Сүрэҕиэм өссө да уоскулаңы Билбэт, билбэт, билбэт... Сүрэҕим эн, айарым абылаңа эн, Бу киэҥ халлаан Эн эрэ хараххар көстөрө. Саңа күн эйигинэ суох, эйигинэ суох...