Текст песни
Эн умуллубут хараххар
Таптал диэни аны көрбөппүн
Мууһурдубутун сүрэххин доҕоруом
Эн сабыллыбыт ытыскын
Аны хаһан да арыйбаппын
Бэлэхтээбитин эн илиин сылааһын
Эн баар буолаҥҥын дьоллоохпун диэнэрим
Хас биирдии күнү сыаналыыр буоламмын
Эн суох буолаҥҥын ытаата сүрэҕим
Хаһыс да төгүлүн
Ол эрэн син биир бу күн аннытыгар
Бииргэ тэбэллэр соҕотох сүрэхтэр
Кинилэр хайдах тугунан тыыналлар
Хайа тапталынан..
Ыллаан бүтүөҕүм доҕоруом
Таптал туһунан сымыйаны
Элбэх да тыл сурукпар суруллубутай
Дьиэтэ суох ыттары кытары
Хаамыаҕым бу киэн уулуссаны
Оргууй тэбиэҕэ мин соҕотох сүрэҕим
Эн баар буолаҥҥын дьоллоохпун диэнэрим
Хас биирдии күнү сыаналыыр буоламмын
Эн суох буолаҥҥын ытаата сүрэҕим
Хаһыс да төгүлүн
Ол эрэн син биир бу күн аннытыгар
Бииргэ тэбэллэр соҕотох сүрэхтэр
Кинилэр хайдах тугунан тыыналлар
Хайа тапталынан..