Текст песни
Ыраах сылдьан эйиигин
Саныыр эбиппин,
Ахтар эбиппин, суохтуур эбиппин.
Ол иһин мин дууһам уоскуйбат,
Эйиигин ыҥырар, эйиигин кэтэһэр,
Кэлиэ диэн эрэнэр, олус эрэнэр.
Хос ырыата:
Эн миэхэ көстөн аас
Саатар биир чаас,
Саатар биир күн,
Саатар биир түүн.
Эн миигин ыҥыраар,
У-оо-о-оо,
Саатар биир күн,
Саатар биир чаас.
Эн мөссүөҥҥүн
Көрдөрбүн эрэ мин
Сонньуйабын, долгуйабын.
Куруутун сөбүлээн истэр
Радиобын мин холбуубун,
Эн ырыаҕын, сөбүлүүр ырыаҕын.
Хос ырыата:
Эн миэхэ көстөн аас
Саатар биир чаас,
Саатар биир күн,
Саатар биир түүн.
Эн миигин ыҥыраар,
У-оо-о-оо,
Саатар биир күн,
Саатар биир чаас.