Текст песни
Бэгэтэн-сэгэтэн мин тиийиэм
Ахтар алааһым чараҥар,
Алгыстаах тылынан мин ийэм
Сайыһа хаалбыт аартыгар.
Хос ырыата:
Саҥата суох нөрүөн-нөргүйүөм
Мин үтүө аймах дьоннорбор,
Саҥата суох этиэм долгуйа:
Дорообо, дойдум, дорообо.
Ол кэннэ үчүгэй үөрүүнэн
Чуҥнуу көрүнүөм туллабын,
Кырдалым алтан от мичилин
Тумул чуоҕуспут чараҥын.
Тумулга тахсыам мин киэһэтин
Оҕо саас омоон суолунан,
Кэрэхсиэм кэҕэм чуор кэпсэлин
Харатыам дьоллоох суугунун.