Санаам эйиэхэ
3:34

Текст песни

Оо, санаам, арай эйиэхэ Оо, санаам, арай эйиэхэ Оо, санаам, арай эйиэхэ Оо, санаам, арай эйиэхэ Оо, санаам, арай эйиэхэ Мин таптыыр кыыспар тиийдэргин Сып-сылаас иэдэстэргиттэн Убураан ылларбын долгуйа Оо, санаам, арай эйиэхэ Сулустаах халлаанныын холбоһон Таптыырбын суруйан тиэрдэрбин эйиэхэ Кэрэчээнэ мин күндү кыысчааным Эйигин илиигиттэн сиэтэммин илдьиэм Ол ыраах сулустаах халлаан анныгар Эн биһи ол онно куустуһан тураммыт Таптал уотугар уйдара налыйа устуохпут Эн нарын минньигэс дьэдьэн уостаргыттан Мин куруук убуруур буолуоҕум Сэгэриэм, чугаһаа эн миэхэ, кыбыстыма Эн биһи тапталбыт, эн биһи олохпут Оо, санаам, арай эйиэхэ Мин таптыыр кыыспар тиийдэргин Сып-сылаас иэдэстэргиттэн Убураан ылларбын долгуйа Оо, санаам, арай эйиэхэ Сулустаах халлаанныын холбоһон Таптыырбын суруйан тиэрдэрбин эйиэхэ Кэрэчээнэ мин күндү кыысчааным Долгуннуу устаҥҥын аттыбынан эн аастын Билбэттии туттаҥҥын мичээр бэлэхтээтин Мин уйан сүрэхпин долгута аймаатын Хаһыс да төгүлүн тапталбын таайбатын Сэгэриэм, оонньоомо тапталбынан Эйигин астына көрөрбүн туһанан Кэл миэхэ сиэттиһэн ол ыраах халлааҥҥа Сулустар уоттарын батыһа көтүөххэ Оо, санаам, арай эйиэхэ Мин таптыыр кыыспар тиийдэргин Сып-сылаас иэдэстэргиттэн Убураан ылларбын долгуйа Оо, санаам, арай эйиэхэ Сулустаах халлаанныын холбоһон Таптыырбын суруйан тиэрдэрбин эйиэхэ Кэрэчээнэ мин күндү кыысчааным Оо, санаам, арай эйиэхэ Оо, санаам, арай эйиэхэ Оо, санаам, арай эйиэхэ Оо, санаам, арай эйиэхэ Мин таптыыр кыыспар тиийдэргин Сып-сылаас иэдэстэргиттэн Убураан ылларбын долгуйа Оо, санаам, арай эйиэхэ Сулустаах халлаанныын холбоһон Таптыырбын суруйан тиэрдэрбин эйиэхэ Кэрэчээнэ мин күндү кыысчааным Мин күндү кыысчааным Оо, санаам, арай эйиэхэ Оо, санаам, арай эйиэхэ Оо, санаам, арай эйиэхэ Кэрэчээнэ, мин күндү кыысчааным