Урут көрсүбүт буол
4:42

Текст песни

1. Эн элбэҕи кэпсиигин ипсиигин тугу ирдиигин Барытыгар силлиибин илиибин билигин уунабын диигин Сүрэххин биэрэҕин миэхэ эрэнэҕин Иирэн эрэҕин ону билинэҕин билигин билэҕин Билэҕин миигин дьиҥэр ырыам эрэ нөҥүө Истэҕин бу айымньыны эмиэ сүрэххэр сөҥүө Өйдүөҥ эрэ өйдөөмүөҥ көрдөһүөн үҥүөн Мөккүһүөн хайдах маннык тоҥуйгунуй диэн эмиэ сөҕүөҥ Үөҕүөм өстүһүөм сэмээр эрэнэн көрүөм Эн миэхэ быстах тапталым сыһыанын өлөрүөҥ Субуллар суруктар иэйбит туруктар Үйэ тухары бэл түүлбэр кытары батыһар курдуктар Оонньуу томуна суох ама ордугу булбаккын Хайдах тулуйбаккын тоҕо умнубаккын Санааҕар бу түүн эмиэ түһүлгэҕэ ырыабын аныам Бэрэ тохтоо саатар биири ыйытыам х-ы: Оо арай урут көрсүбүт буол Сөбүлүөн этэ дуо эн миигин эн миигин Оо арай урут көрсүбүт буол Таптыаҥ этэ дуо эн миигин эн миигин 2. Саҥа ырыа саҥа сыһыан эмиэ ытыы сыһыан Сырсыан саҥаттан саҥаттан сыллыаҥ Сыыллыан көрдөһөн эмиэ ааттаһа сатыан Эмиэ булан ылыан эмиэ ырыаларбын ыллыаҥ Хоһооннорбун аныам хайыаҥ эмиэ хайҕыан Хайыам суоҕа да эмиэ айманыан Саарбаҕалаама суох сыһыаны сөргүтэ сатаама Саҕалаама саҥаттан сатамматы санатыма Сылытыма сойбуту сымыйаны сыбаама Сааһылыы сайҕыы сатаа санаалары сыһыарыма Сыыһаны эн миигин билбэккин Аһынабын да ол хайдах гыныамый Мин атыммын эн тоҕо эрэ итэҕэйбэккин Аны кэлэн этиий хайдах сырдыамый Атыны баҕарабын букатынныы барабын Эйиигин ыытабын эрээри мин син биир түмүккэ ыытабын х-ы: Оо арай урут көрсүбүт буол Сөбүлүөн этэ дуо эн миигин эн миигин Оо арай урут көрсүбүт буол Таптыаҥ этэ дуо эн миигин эн миигин