Текст песни
1.
Бүгүн эмиэ бу чуумпу хомолто
Биһи тапталбытын ыыпакка сордоото
Онтон ардах түһэр күммүт ортото
Ол эрэ курдук сүрэхпэр оспото
Эн ытыыгын хараҕын уутун соттоҕун
Баччааны диэри билбэтим ол тоҕотун
Ол эрэн син биир тапталым оҕотоҕун
Мин эрэнэбин эйиэхэ соҕотоҕун
2.
Мин бэлэммин олохпун букатын биэрэрдии
Билэҕин эн тускар барытын сүтэрэрдии
Туруммут тапталы харыстыырга эрэн
Туох да буолбутун иһин таптыаҕым сэрэнэн
Илиигин уун миэхэ мунчааран турума
Итэҕэй тапталга туора тутума
Кистээмэ миигиттэн тугу баҕараргын
Этиий сипсийэн "Ону баҕарабын"
х-ы:
Сүрэҕим ириэриэ тонууй сүрэххин
Сарсын сылаас күн үнүө мин билэбин
Бу билигин мунчааран турума
Уруккуну санаан харах уутун тоҕума
х-ы:
Умнума таптыырбын соҕотох эйиигин
Эн тускар туохха баҕар бэлэммин
Биэрэбин бэйэбин эйиэхэ анаан
Кыһыырыма чыычаах кыра аайыттаан
3.
Хараххыттан таммахтар түһэллэр бытааннык
Теликка айманыы тимирдэ титаник
Онтон санаан түстэ бүгүн эмиэ курус күн
Таһырдьа тымныы былытаах күүстүүртэн күһүн
Тыалы кытта сэбирдэхтэр көтөллөр халлааҥҥа
Бүгүн дьиҥэ элбэх буолуохтаах этэ былааҥҥа
Ардах күүһүнэн тохтотто биһигини
Саас эрэ күүппэтэхпит таһырдьа күһүнү
Тоҕо санарбаккын туохтан санаан түстэ
Кэл мин таспар күүс миигин эбин күүстэ
Сарсын атын буолуо хомойума сэгэриэм
Тоҥума төһө да тымныыга сүрэҕим иририэ
Көрүүй түннүгү тыалым кытта дьиктитин
Күммүт суох тыган ылар кэмчитин
Самыыргы сайҕана тахсыахха ду оньуу
Тыын таһаара оҕо эрдэхпитин саныы
Бридж:
Көрүүй түннүгү тыалым кытта дьиктитин
Күммүт суох тыган ылар кэмчитин
Самыыргы сайҕана тахсыахха ду оньуу
Тыын таһаара оҕо эрдэхпитин саныы
х-ы:
Сүрэҕим ириэриэ тонууй сүрэххин
Сарсын сылаас күн үнүө мин билэбин
Бу билигин мунчааран турума
Уруккуну санаан харах уутун тоҕума
х-ы:
Умнума таптыырбын соҕотох эйиигин
Эн тускар туохха баҕар бэлэммин
Биэрэбин бэйэбин эйиэхэ анаан
Кыһыырыма чыычаах кыра аайыттаан