Хоптолор
3:13

Текст песни

Сир үрдүгэр баар Саамай кыраһыабай Алааһы көрдөрбүтүҥ Эн миэхэ. Харахпар хатанна Ол чуумпу киэһэ, Былыттар быыстарынан Ый устара. Хос ырыата: Ол онно хоптолор Аймана көтөллөр, Ол онно эн биһи Көрсүбүппүт. Умнуом дуо ама мин Тииттэрдээх сыырдары, Хоптолоох биэрэги, Эйиигин? Тиийиэм дуо аны Ол кэрэ алааска, Истиэм дуо аны Хопто хаһыытын? Төннүбэт эдэр саас Көмүс күннэрин Өйдөөн-санаан, долгуйан Ылыам дуо аны? Хос ырыата: Ол онно хоптолор Аймана көтөллөр, Ол онно эн биһи Көрсүбүппүт. Умнуом дуо ама мин Тииттэрдээх сыырдары, Хоптолоох биэрэги, Эйиигин? Умнуом дуо?