Текст песни
Кэриигэ кэҕэ кыыл чоргуйар саҥата
Чугдаарбат буолбута ыраатта бадаҕа
Күһүҥҥү тыал үрэн үүрбүтэ күүһүрэн
Саһарбыт көстүүнү суорҕаннаан бүрүйдэ
Саһарбыт көстүүнү суорҕаннаан бүрүйдэ
Санныбар хаар түспүтүн
Тэбээммин төҥнүбэппин
Саас кэлэр кыһын бүтэр
Сыл олох баран иһэр
Санныбар хаар түспүтүн
Тэбээммин төҥнүбэппин
Саас кэлэр кыһын бүтэр
Сыл олох баран иһэр
Эйиигинниин баран иһэр
Көрсүбүт моһоллор үөрүүлээх түгэннэр
Сотуллан бараннар саҥалыы төрүүллэр
Онно бааргын доҕор күлэрин иһиллэр
Дорҕооно сотороон иккистээн тиллэрэр
Дорҕооно сотороон иккистээн тиллэрэр
Санныбар хаар түспүтүн
Тэбээммин төҥнүбэппин
Саас кэлэр кыһын бүтэр
Сыл олох баран иһэр
Санныбар хаар түспүтүн
Тэбээммин төҥнүбэппин
Саас кэлэр кыһын бүтэр
Сыл олох баран иһэр
Эйиигинниин баран иһэр
Санныбар хаар түспүтүн
Тэбээммин төҥнүбэппин
Саас кэлэр кыһын бүтэр
Сыл олох баран иһэр
Санныбар хаар түспүтүн
Тэбээммин төҥнүбэппин
Саас кэлэр кыһын бүтэр
Сыл олох баран иһэр
Эйиигинниин баран иһэр
Эйиигинниин баран иһэр