Текст песни
Тоҕо мин бу сир үрдүгэр
Төрөөбүппүн бэйэм да билбэппин
Дьон бары миигиттэн иҥнэргэ дылы
Ол онтон олус мин сылайдым
Хос ырыа:
Ким этиэй миэхэ мин бу олоҕу
Хайдах түмүгүнэн буутэрин
Ким этиэй миэхэ мин бу олохтон
Тугу көрдүүрбүн, тугу күүтэрбин
Ким эрэ көрсө түһүө
Уһун кыараҕас суол ортотугар
Суолбуттан туоратан тиэрэ аанньыаҕа
Ол онтон олус мин сылайдым
Хос ырыа
Ыйытабын ардыгар бэйэбиттэн
Туох кэрэни оҥордум мин олохпор
Оннук санаа отой арахпат
Ол онтон олус мин сылайдым
Хос ырыа × 2