Текст песни
Кып-кыракый илиилэр миигин кууһаллар
Хап-хара харахтар мичиҥнииллэр
Мин кыракый кыысчаныам, көмүсчээниэм
Оргуйдук сүүһүттэн сыллаан ылабын.
Мантан ордук туох барыай, күн сиригэр
Оҕобун кууһаммын олорорум
Биирдэ кэлэр олоххо, орто дойдуга
Дьол диэннэрэ бу буоллаҕа
Дьол диэннэрэ бу буоллаҕа
Мэлтэҥнээн ылара миннигэһиэн
Мичээрдээн кэлэрэ эчи күндүтүөн
Кып кыракый бэйэтэ үөрүнньэҥиэн
Сибэкки кэриэтэ эриэккэһиэн
Мантан ордук туох барыай, күн сиригэр
Оҕобун кууһаммын олорорум
Биирдэ кэлэр олоххо, орто дойдуга
Дьол диэннэрэ бу буоллаҕа
Дьол диэннэрэ бу буоллаҕа
Бу дьикти иэйиини, сылаас тапталы
Эн Ийэ буолаҥҥын билэн турдаҕа
Онно дьэ өйдүөҕүн, миигин саныаҕын
Дьоллоохпун дэнэҥҥин бэйэҥ этиэҕин
Мантан ордук туох барыай, күн сиригэр
Оҕобун кууһаммын олорорум
Биирдэ кэлэр олоххо, орто дойдуга
Дьол диэннэрэ бу буоллаҕа
Дьол диэннэрэ бу буоллаҕа