Текст песни

Мин аанньал буолбатахпын - Тоҕо миигин таптаатыҥ? Дьонтон атына суохпун - Туох уратыны буллуҥ? Тоҕо тоҥуй сүрэхпин Аймаан олохпор киирдиҥ, Эрэмньилээх тирэхпин - Тоҥ санаабын ириэрдиҥ? Тоҕо миэхэ аттыбар Мэлдьи баарга дылыгын, Албыннаппыт дууһабар Эрэл кыымын сыдьаайдыҥ? Таптал албын, дойҕох диэн Итэҕэйбит санаабын Хайдах гынан сүтэрэн Таптаттыҥ эн, таптаатыҥ? Тоҕо буччум олоҕум Аргыый устар эрэйин Быһа-бааччы сотоҥҥун Куппун-сүрбүн эн ииртиҥ? Мин аанньал буолбатахпын - Тоҕо миигин таптаатыҥ? Дьонтон атына суохпун - Туох уратыны буллуҥ?