Текст песни
Эн эйэҕэс куоласкын иһиттэхпинэ
Эн таптыыр хараххын көрдөхпүнэ
Эн харастыыр санааҕын сэрэйдихпинэ
Дьоллоохпун дэнэбин, дэнэбин
Припев:
Эн илдьэ кэлэҕин олоххо эрэли
Тапталга итэҕэли, тыла суох өйдөһүүнү
Эн илдьэ бараҕын бүтэй буруйу
Бүппэт алҕаһы, мунчаарыны
Эн аттыгар көрсүө-сэмэй буолабын
Ол курдук тапталым миигин
Айылҕалтан айыллыбыт оннубун булларар
Чуумпутар дьолум тосхойор
Припев
Дьол дьикти музыкатын
Уоскутас иэйиитин
Сүрэхпэр бигээммин аан ийэ дойдум
Араас албаһын атыннык көрөбүн