Текст песни
Миигин таптыан этэ дуо
Отой сатаан ыллаабат буолларбын
Миигин таптыан этэ дуо
Кырдьан эйигин билбэт буоларбар
Сүүһүнэн сыллары көтүтүөм мин
Таптааммын
Ыйтаан кустук тутаммын
Күммэр тиийиэм ахтаммын
Арыый арыый
Сүрэххин сэгэр миэхэ
Миигин таарый таарый
Сиргэ баар буолар кэрэтиэн
Остуоруйабыт
Салҕыы бара турдун
Бу ырыа курдук
Тыыннах буоллун
Арыый арыый
Таарый таарый
Миигин таптыан этэ дуо
Харчы сатаан булбат түгэннэрбэр
Миигин таптыан этэ дуо
Сыыһа сыһыаны булкуйар кэммэр
Хайдах барбынан
Эн аттыгар сылдьыам
Тыгыам уотунан
Тылбын мин биэрэбин
Өрүү үөрдүм эрэ эйигин булан
Арыый арыый
Сүрэххин сэгэр миэхэ
Миигин таарый таарый
Сиргэ баар буолар кэрэтиэн
Остуоруйабыт
Салҕыы бара турдун
Бу ырыа курдук
Тыыннах буоллун