Ахтылҕан
2:34

Текст песни

Мин эйигин көрсуөҕум Дьэдьэн курдук минньийэн, Утахтаргын ханнарар Кымыс курдук дыргыйан Тиэтэй миэхэ доҕоруом, Таптыыр ахтар көмүһүм Чуҥкук олох үөһүттэн Тиэтэй миэхэ доҕоруом Уран санаа буоламмын Уоскар ууллан тохтуоҕум, Сурэхтэргэр көлүйэ Иэйии буолан иҥиэҕим Тиэтэй миэхэ доҕоруом, Таптыыр ахтар көмүһүм Чуҥкук олох үөһүттэн Тиэтэй миэхэ доҕоруом Ый уотунан ыһыктан Күн уотунан күдэхтээн Айан суолгар тахсыһан Айманыаҕым атаара Тиэтэй миэхэ доҕоруом, Таптыыр ахтар көмүһүм Чуҥкук олох үөһүттэн Тиэтэй миэхэ доҕоруом