Махтанабын
5:11

Текст песни

Тугу этиэм этэй эһиэхэ мин? Ырыам тыла олус да сымсаата. Тулабар кыыдамныыр хаар кыырпаҕын Ытыһым үрдүгэр уулларабын. Күн-күбэй ийэбэр анааммын Арай тиэрдиэм мин үрдүк махталбын, Оҕо сааспын санаан улааппыппар Бар дьонум алгыһын ылыммыппар. Махтанабын,махтанабын Эйиэхэ күн-күбэй ийэбэр. Махтанабын,махтанабын Эһиэхэ бар дьоммор. Хайыаҥ этэй алҕаһаабыт күммүн, Өp сурук суруйбатах буруйбун, Түүн-күнүс утуйбатах күннэргин Кэмсинэҥҥин кэлин кэпсээбэккин. Күн-күбэй ийэбэр анааммын Арай этиэм мин күүстээх тапталбын Үөрүү-хомолто диэни билбиппэр Олох кундутун эн көрдөрбүккэр. Махтанабын, махтанабын Эйиэхэ күн-күбэй ийэбэр. Махтанабын, махтанабын Эһиэхэ бар дьоммор.