Амсат эрэ дьэдьэҥҥиттэн
3:18

Текст песни

Оҥоойуктаах орой мэник Ойор-тэбэр оҥхойдорум, Оҥоойулаах омоох суолум Оһон-сүтэн симэлийбит. Кып-кытархай дьэдьэн имнээх Кып-кыракый солооһунум Симэх-оһуор сиэрэситэн Арай тупсан сириэдийбит. Хос ырыата: Амсат эрэ дьэдьэҥҥиттэн - Күөх тайҕам быйаҥыттан. Алаас кыыһа оҥоойуктаах Амсат эрэ дьэдьэҥҥиттэн, Ахтар саныыр аспыттан. Хоту дойдум хоптолоро Айманымаҥ арахсарбар, Тымныы муорам хомолоро Силлиэримэҥ дойдулуурбар. Бүгүн манна муһуннулар Чэччиниэрдэр, хахыйахтар Талбаарыһа уһуннулар Ытыс муҥа кэһии уунан. Хос ырыата. Эчи-эчи үчүгэйин! Эчи-эчи минньигэһин! Эчи-эчи үчүгэйин! Минньигэһин!