Айанньыт
3:13

Текст песни

Чумпуу наҕыл киэһэлэргэ Чуоҕур аппар олороммун Айаннатыам түгэннэрбэр Чопчу суолбун ыйан биэрэр Чолбоннуура сулуһум Күһүҥҥүлүүр хараҥаҕа Көтүтэммин айаннырбар Күлүмүрдүү үөрэ - көтө Үрдүбүттэн өҥөйөр Үргэллиирэ сулуһум Хонук сирбэр тийбэккэбин Хойутаахтыыр да түгэммэр Хайысхабын ыйан биэрэр Хотугулур сулуһум, оо… Ыраах ырах ыныртаалыр Ыпсарыылах ыллыктарбар Ыйан биэрэр ыйынньыкыам Сыйыллаагас сырдыктардах Ыйданалыр сырдыгыам