Сахам кыыһыгар
3:54

Текст песни

Алаас сылаас тыалын курдук Долгунуран эн кэлэҕин, Күнүм чаҕыл уотун курдук Түүлүм урдээн олохпор киирдиҥ. Мичилийэр мичээргинэн Уол сүрэҕин абылаатын, Сахам кыыһа мин ырыабар Таптал тылынан ылланнын Х/ы Сүрэхпэр баар таптал миигинниин ыллас, Олохпун сырдаттын алмаас таас, Эн бааргына дууһабар сылаас Бу курдук өрүү, миигинниин ыллас Сэгэртэйбин, мин көмүспүн Хаҕыс тыаллартан хаххалыам Сибэкки курдук кыысчааммын Тыйыс тымныыттан харыстыам Сүрэхпинэн эн сүрэххэр Сырдык ырабын бэлэхтиэм Сахам кыыһа мин дьылҕабар Таптал күүстээх уота буоллун Сахам кыыһа эн кэрэ мичээргэр Атын тыал сыламнаан ааспатар Мин ырыам иһирэх иэйиитин Кэрэхсии истээр, сибэкким