Текст песни
Көрүүй, көрүүй арылхай харахтаргынан
Көмүһүм диэн ааттыыр күндү киһим
Махтал буоллун урдук айыыларбар
Маннык кэрэ нарын кыысчааны көрсүбүппэр
Эн ыраларгын барытын толоруом
Ырыаларбар эйигин эрэ туойуоҕум
Хомоппокко харыстаан илдьэ сылдьыам
Холонноох доҕоруом, олоҕум аргыһа
Олус да күүскэ таптыыбын
Минньигэс уостаргыттан уруубун
Тула хараҥаны мин сырдатыам,
Күммүн-Ыйбын,
Куруук үөрдүөм уонна дьоллуом.
Дьол хонуутуттан таптал сибэккитин
Эн сүрэххэр үүннэрэн иҥэриэҕим
Оһуордаах дьүкээбил уотуттан ылан
Олохпутун кэрэкээн оҥүнэн ойулуом
Бу олоххо сатамматы тумуннарыам
Ситиһии кыайыы аргыстаныахпыт
Кэнэҕэски кэнчээри ыччаттарданаан
Манылаах дьиэ кэргэн дьолунан олоруох