Сайыҥҥы ардах
5:03

Текст песни

Сайыҥҥы ардах Саатар биир таммах Ахтылҕаммын аах. Тыллыбыт тыллар, Тыыннаах сылларга Тыын уһаталлар. Түс, түс, түс курулас, Кууһан тур уурас, Ибирдээн сыллас. Илийбит таҥас Иһигэр алҕас Мэниктиир эдэр саас. Сир, халлаан ортото Кустук кур баанна. Сүтэрбит дьүһүммүн Ойуулаан таһаарда. Күлүктээх былыттар Күнүүлүүр курдуктар, Этиҥи охсоллор, Мөссүөҥҥүн сотоллор. Буруйдаах мин бэйэм Илиибит сэбээрэн Көстөр дии сирэмэҥ. Билбит дии сэрэбиэй, Мэлдьэһэр кэрэгэй, Кэрэхтэн тэйимэҥ. Кэлиэхтээх этиҥ, Сэрэппэккэ эттиҥ, Элэккэ сиэттиҥ. Сыттыккар сытар Истиҥ сурукпар Ханнаный эппиэтиҥ? Сир, халлаан ортото Кустук кур баанна. Сүтэрбит дьүһүммүн Ойуулаан таһаарда. Күлүктээх былыттар Күнүүлүүр курдуктар, Этиҥи охсоллор, Мөссүөҥҥүн сотоллор.