Ийэбэр
4:01

Текст песни

Сайыҥҥы ол сылаас сарсыарда Эрдэлээн сөтүөлүү сүүрэрим, Кыһыҥҥы тымныы киэһэҕэ Хойутаан мин дьиэбэр кэлэрим. Көмүскүүр харыстыыр буолаҥҥын Утуйбат сынньаммат түүннэргин, Бырастыы, бу кэлиҥ өйдөөтүм Оҥорбут төннөрбөт буруйбун. Хос ырыата: Сирдээҕи олоххо соҕотох Күн күбэй ийэбэр эйиэхэ, Нарыннык биир тылы этэбин, Эйигин ырыанан алҕыыбын. Кэскилбит туһугар сылдьаҥҥын Кэминэн кыралаан кырдьаҕын, Астыйбыт баттаххын көннөрөн Аһаҕас мичээрдээх буолаҕын. Сипсийэн эппэппин эйиэхэ Туораттан хомуйан ылбаппын, Аһабын сүрэхпин бар дьоҥҥо Күн сирин күндүтэ буоларгын.