Текст песни
Олоҕум миэнэ умсулҕан айан
Аартыктан тэйэр ахсым балабаат
Ыллыкка хаалар оһуор хара буор олоҕум
Сииккэ сиэлэрбэр хаарга хаамарбар
Быстан хааларбар ойдон сүтэрбэр
Ааспыт алҕастар көмө буолаллар олохпор
Хос ырыата:
Мин көтөр кыыл буолбатахпын
Мин киһи оҕотобун
Мин хаалбат оспот баастарбын
Кэмсиммэппин умнубуппун оһорбуппун
Киһи буоларбар күүс көмө буолар
Айылҕа тыынар ийэ сир көрөр
Суолбун сырдатар түүҥҥү ыйдана олохпор
Дьон саҥарара киһи күлэрэ
Тэптэрэн биэрэр үөһэттэн баттыыр
Уостан сүтэрбэр көнө суол буолар олохпор
Хос ырыата
Халыҥ халҕаны арыйа сатыам
Тиийбэт үрдүккэ өргөскө ыттыам
Элбэҕи этэн эрэннэрбэппин