Доҕор алгыһа
3:14

Текст песни

Атастарым - олохпор күндү таастарым, Эһиэхэ, сүрэхтэн тахсар тылларым... Мин олохпор эһи доҕотторум, Бу сир үрдүгэр мин сорохторум, Суолум суох. Суох, диэмэ кэбис. Ыра санааҥ салайар - үлэлэс. Күндэлэс халлааҥҥа күлүмүрдэс күн уота, Уол оҕо хорсун хотойдуу, эн хоту сир омуга, Омуна суох ойуулаан, айан, Оһуордаах олох уһун суолунан, Улам-улам сатаан кубулутуоҥ, Булуу булуоҥ, турун мин чулуу доҕоруом. Оҥорбутуҥ бар дьоҥҥор умнуллубат үгэс буоллун. Кэс тыыннаа эдэр ыччаты, Эстимэ, эйиигин истэллэр, Ким дьаныһар - дабайар ыраах, Ким итэҕэллээх - сырдык тыыннаах, Ким сиэрдээх - ол инникилээх, Ким түмсүүлээх - ол тирэхтээх! Бүгүн эмиэ биир күн элэс, Кэлэр күн күндүнү бэлэхтэс, Эриэккэс эдэр саастарбыт! Хос ырыата: Көтүүй оҕо хотойдуу, Көрүүй сирбит үрдүн үөһээттэн, Халлааҥҥа өр холкутук, Эн дайаар уһуннук. Эдэр саас элэҥнэс күннэрэ, Үүннүлэр ол сэргэх түүннэрэ, Ким күлэр үлүбээй күнү кытары, Ким номнуо арыйар кынатын, Эһигинниин мин дьоллоох буолуом, Толорон олоҕу доҕор эрэлинэн, Тэринэн тэҥҥэ, этэҥҥэ, холкутук, Дьон этэригэр, ол кини курдук! Судургуну сураһар буолумуох, Суон сураҕы суорабыт иилистэ, Эргиспит эстибэтин туһугар, Тус бэйэм уурабын сыалбын, Тутуһан кулуһун тула олорон, Оҥорон көрбүт көрүүнү толорон, Доҕотторум - ол мин сорохторум, Саарбаҕа суох баарбын, умнумаҥ, Кылгастык мин табыгастык, Алгыспын алтыһар атаспар, Алҕаспын андаҕар гынымаҥ, Туман иһигэр ситими сүтэримэҥ! Туман иһигэр ситими сүтэримэҥ! Хос ырыата: Көтүүй оҕо хотойдуу, Көрүүй сирбит үрдүн үөһээттэн, Халлааҥҥа өр холкутук, Эн дайаар уһуннук. Хос ырыата: Көтүүй оҕо хотойдуу, Көрүүй сирбит үрдүн үөһээттэн, Халлааҥҥа өр холкутук, Эн дайаар уһуннук.