Умнума
2:53

Текст песни

Эн миэхэ олус күндүгүн, Маҥнайгы ыраас тапталым. Умнубаппын ол ааспыт кэрэ кэмнэри, Умнума, умнума ол кэрэ кэмнэри. Санаабар элиэтээн аастылар Нуһаран ыйдана киэһээлэр. Ааспыты кэрэни санатан, Ыраахха көтүтэн илтилэр. Хос ырыата: Умнума, доҕоруом, ол кэрэ кэмнэри, Сүрэхтэр таптаспыт күннэрин, Умнума, ол эрэн күөдьүтэ сатаама Эн биһи бастакы тапталбыт кыымнарын. Билэҕиэн, ньургуһун сааскылыы Күһүннүүн иккистээн тылларын. Билэҕиэн, уостубат тапталы Бу сиргэ иккистээн көрсөрүн.