Дууһабын аймаама
3:50

Текст песни

Сэгэрбин көрбөтөх ыраатта, Ол онтон сүрэҕим ытаата. Миигиттэн тэйиэ диэн куттанна, Атыны көрсүө диэн долгуйда. Ол иһин ырыанан тапталбын Эйиэхэ эрэнэн тиэрдэбин. Соҕотох хаалларан барыма, Эрэлбин сүтэрэн куотума, Арахсыы суолунан хаамыма, Мин чараас дууһабын аймаама. Дууһабын аймаама. Аттыбар бааргына уоскуйан, Мин уйан сүрэҕим долгуйа, Итэҕэй, тылларбын тэпсимэ, Былыттыы эн сүтэн хаалыма. Ол иһин ырыанан тапталбын Эйиэхэ эрэнэн тиэрдэбин. Соҕотох хаалларан барыма, Эрэлбин сүтэрэн куотума, Арахсыы суолунан хаамыма, Мин чараас дууһабын аймаама. Соҕотох хаалларан барыма, Эрэлбин сүтэрэн куотума, Арахсыы суолунан хаамыма, Мин чараас дууһабын аймаама. Дууһабын аймаама.