Текст песни
Сүрэҕим сөбүлүүр, хараҕым харыстыыр.
Сырдык санаам эйигин куруутун саныыр.
Дууһам миэнэ эйигин, эйигин эрэ
Ордорон талбыта, сөбүлээн барбыта.
Хос ырыата:
Чуумпу күөх муора кытыла көстүбэт,
Аттыбар эн баарын-суоҕун биллибэт.
Хайдаххын билбэппин, таайыллыбат бэйэҕин.
Эн - мин олоҕум таабырыынаҕын.
Эйигин эрэ, хоһуйан ыллыыбын
Бу тапталым туһунан арылхай ырыабар
Эн ааккын эрэ, доҕорум аныаҕым
Түүннүү сырдык халлаан сулуһун суһума
Хос ырыата:
Чуумпу күөх муора кытыла көстүбэт,
Аттыбар эн баарын-суоҕун биллибэт.
Хайдаххын билбэппин, таайыллыбат бэйэҕин.
Эн - мин олоҕум таабырыынаҕын.