Текст песни
Ахтан санаан кэллим билигин
Ахтылҕаммын аһараары
Лээгим миэнэ, дойдум миэнэ
Сахам сирин дьикти сирэ
Ыччаттаргын умнубаккын
Сэрэйэбин, эрэнэбин
Махтал буоллун эйиэхэҕэ
Күн сырдыгын көрдөрбүккэр
Лээгим миэнэ Аммам баайа
Ийэ сирим, төрүт буорум
Ахтылҕаным, санньыар санаам
Барахсаным Лээгим миэнэ
Аҕам сааспар өһүө тирэх
Буоллун диэн куппар-сүрбэр
Мэлдьи суохтуур, түүлбэр көстөр
Төрүттэрбин көрсө кэллим
Дьылҕам суола атын эбээт
Биһикчээммэр эргилинним
Эбэм, эһэм өтөхтөрүн
Сөргүтэммин тилиннэриэм
Эрэл тыына кууһар миигин
Эн хайаатар да кэлиэҕиҥ
Ол туһугар оҕолорум
Олоруохпут, үлэлиэхпит