Текст песни
Биир күн эйиигинниин
Чугас доҕорум
Билсиһиннэрэн
Турардаах.
Эн имнэргин кистээн
Толлон турбутуҥ
Олус да күндү
Түгэн этэ.
Туох баар эр санаабын
Мунньан эппитим:
- Эн миэнэ буолаҕын,
- Диэн.
Эн - мин хараҕым харата,
Эн - мин кутум кыната,
Эн - мин нарын сибэкким,
Туохтан да ордуккун эн!
Эн - мин тус олохпор суолтам,
Эн - мин уҕараабат үөрүүм,
Эн - мин үрдүк бэлэҕим,
Кимтэн да күндүгүн эн!
Мин билбэппин сатаан
Туохха тэҥниэхпин
Эн кэрэ-нарын,
Сэмэй бэйэҕин.
Эн миигин кууһаргар,
Кууһан ыларгар
Мин сэттис халлааҥҥа
Күөрэйэбин.
Күрүлгэн араас
Өҥнөөх кустугун курдук
Киэргэтэн биэрдиҥ эн
Олохпун.
Эн - мин хараҕым харата,
Эн - мин кутум кыната,
Эн - мин нарын сибэкким,
Туохтан да ордуккун эн!
Эн - мин тус олохпор суолтам,
Эн - мин уҕараабат үөрүүм,
Эн - мин үрдүк бэлэҕим,
Кимтэн да күндүгүн эн!
Эн - мин тус олохпор суолтам,
Эн - мин уҕараабат үөрүүм,
Эн - мин үрдүк бэлэҕим,
Кимтэн да күндүгүн эн!