Текст песни
Сүдү тыллары сүүмэрдээн ыламмын
Ытык дорҕооҥҥо ыксаран кээстэрбиэн
Ырыам-тойугум ыраахха эҥсиллэн
Тиийиэ этэ дуо эйиэхэ?
Ырыам-тойугум ыраахха эҥсиллэн
Тиийиэ этэ дуо эйиэхэ?
Түүҥҥү чуумпуга түннүккэ тураммын
Сырдык сулуһу сытыытык көрдөрбүн
Көрбүт мин көрүүм сулуска охсуллан
Тэйиэ этэ дуо эйиэхэ?
Модун санаалаах мохсоҕол буоламмын
Супту сурулаан салгынна көттөрбүн
Самныбат санаа сорсуйбут сүрэххэр
Тиллиэ этэ дуо эйиэхэ?
Ааһар мэник тыал аргыһа буоламмын
Айан суолунан ахсымнык бардарбыан
Күн-дьыл элэҥнээн аастаҕын аайытын
Тиийиэм этэ дуо мин эйиэхэ?
Күн-дьыл элэҥнээн аастаҕын аайытын
Тиийиэм этэ дуо мин эйиэхэ?