Хаар түһэр
6:12

Текст песни

Тус бэйэм олохпор ыарахан Кэмнэргэ Элбэхтик эн-мин диэн өйдөспүт Доҕорбун Аҕыйах да албын тыллартан Эрэйгэ Аҥардас хаалларан айаннаан Эрэбин. Төбөҕүн төҥкөтөн Санньыйан турума Маҥан хаар көмнөҕүн бүрүнэн. Сүрэххэр ыар баттык Санааны тутума Мин баран эрэрбин сайыһан. Ол эрэн, хаар түһэр... Биһиги суолбутун бүрүйэн. Ол эрэн, хаар түһэр... Ол күнү кичэлии үллүйүө. Үгүс хаар ааһыаҕа наҕыллык Кыыдамнаан, Оччоҕо барыта умнуллуо, Сууралльа. Ол эрэн, миигиттэн хомойон, Хоргутан Олоҕуҥ ситимин быһыма, Доҕоруом. Билэбин ол түспүт Хаар ууллуо сааһыары, Сир дойду көҕөрүө-чэлгийиэ. Ол кэмҥэ эн өйгөр- Санааҕар уһуктуо Биһиги доҕордуу кэмнэрбит. Ол эрэн, хаар түһэр... Биһиги суолбутун бүрүйэн. Ол эрэн, хаар түһэр... Ол күнү кичэлии үллүйүө.