Тыаллаах түүн
5:28

Текст песни

Күһүҥҥү тыаллаах, тымныы хараҥа түүн Иһирик ойуурга Саһарбыт сэбирдэх суугунуу тохтор. Мин соммор ыга сууланабын, Хатыҥҥа өйөнөн, Сэбирдэх ардаҕар чуҥкуйан туран. Мин ааспыт олоҕум сыллара Сэбирдэх буолан түспүттэрэ бу сиргэ. Ол онтон элбэх күһүн, Ол онтон элбэх кыһын сүппүтэ. Дьону кытта дьон курдук сылдьан Билбэккэ да хаалабын сатаан элбэҕи... Ону мин кыайан эппэт, Ону мин кыайан туойбат эбиппин. Күһүҥҥү тыаллаах, тымныы хараҥа түүн Сулустаах халлааҥҥа Билэр сулусчааммын көрдүү сатыыбын. Ол туран көрдүм: сырдык умайар уот Кый ыраах үөһэттэн Субуллан түспүтүн, сырдык сулуһум. Мин ааспыт олоҕум сыллара Сулустар буолан түспүттэрэ бу сиргэ. Ол онтон элбэх күһүн, Ол онтон элбэх кыһын сүппүтэ. Дьону кытта дьон курдук сылдьан Билбэккэ да хаалабын сатаан элбэҕи... Ону мин кыайан эппэт, Ону мин кыайан туойбат эбиппин.