Олох мөккүөрэ
3:41

Текст песни

Турдах ахсын Олус ахсым Хонуктар ааһаллар. Эмиэ күһүн, Эмиэ саас — Быраһаай эдэр саас. Дьылым күнүм ааһара Дьикти түргэнник, Онтон олох мөккүөрэ Салҕанан бара турар. Онтон олох мөккүөрэ Салҕанан бара турар. Дьылҕам быстах, Олус күүстээх Долгунугар уйдаран, Арыт уҥа, Арыт хаҥас Халыйабын мин алҕас... Дьылым күнүм ааһара Дьикти түргэнник, Онтон олох мөккүөрэ Салҕанан бара турар. Онтон олох мөккүөрэ Салҕанан бара турар. Онно эрэй, Онно эрэл — Икки эннэрэ бииргэлэр. Олох уустук, Олох араас — Бырастыы эдэр саас. Күнүм уота Миигин куотан Хараҥаны аҕалбыт. Эмиэ биир күн, Эмиэ түүн — Быраһаай эдэр саас. Дьылым күнүм ааһара Дьикти түргэнник, Онтон олох мөккүөрэ Салҕанан бара турар. Онтон олох мөккүөрэ Салҕанан бара турар. Төһө да бу күн сириттэн Төннөн хаалларбын — Син биир олох мөккүөрэ Салҕанан бара туруо.