Мин тулабар
2:47

Текст песни

Мин тулабар күн күлүмнүүр, Сылааһыттан миэхэ күндүлүүр. Мин тулабар хаар үллүктүүр, Арыт уостар, арыт күннүктүүр. Хос ырыата: Ити курдук олох дьүһүнэ Эмиэ да сырдык, эмиэ харана. Ити курдук олох күһүнэ Эмиэ да тымныы, эмиэ да сылаас. Мин тулабар олох оргуйар, Ким чэлгийэр, ким хоргуйар. Мин тулабар олох субуллар, Ким күөдьүйэр, ким умуллар. Хос ырыата: Ити курдук олох кэрчигэ Эмиэ да түһүү, эмиэ да тахсыы. Ити курдук олох тэтимэ Эмиэ да бытаан, эмиэ да түргэн.