Эрэнэбин
3:33

Текст песни

Эйиигин таптааммын Сүрэхпин сүүйтэрэммин Сулустаах киэһэҕэ Соҕотох дьаарбайабын Ырыабын ыллыыбын Эйиэхэ аныыбын Истэрин буолуо диэн эрэнэбин Көтөллөр дорҕооннор Дайаллар санаалар Ыраахха тиийэннэр Кэпсииллэр кинилэр Буолуохтаах түгэни Түргэтэтэн биэрэллэр Эн кэлэр кэмҥин тиэтэллэр Бэрт кылгас да кэмнэ Ол дьикти түгэҥҥэ Соһуччу көрсүһүү Үөрүүбүн үксэтиэ Ырыабар эрэнэн Сүрэхпин сэгэтэн Сэмээр эн сэрэнэн киирдэргин