Көстүбэт таптал
3:23

Текст песни

Остуоруйа дойду, Эн сүрүн оруолга, Онтон мин биллибэт - көстүбэт күлүк, Батыһа сылдьаммын, Суолгун харыстыыбын, Кэннигиттэн хаххалаан харайабын.. Онтон түүн сулустары кытта, Эн түүлгүн маныыбын, Көрбөккөр сороҕор көстөн ылабын, Хомойор - охтор түгэннэргэр, Куруутун аттыгар сэгэр, Көстүбэт таптал быһыытабын, Көстүбэт таптал, куруутун аттыгар... Хомойор түгэннэр, Үс төгүл ыарыылаах, Дьоллонор кэмнэр мин эмиэ дьоллоохпун, Истиҥник таптыыбын, Тыал буолан ыллыыбын, Эйиэхэ аныыбын мин бу олохпун...