Үрүҥ көмүс сыбаайба
3:33

Текст песни

Е. Тимофеева тыллара Хаһан этэй Татыйаас Кийиит дэппит күөх сааһа, Хайдах этэй Лэгэнтэй Күтүөт буолбут күөх сааһа. Хос ырыата: Үрүмэччи үҥкүүтэ Үрүн көмүс сыбаайба, Үгэс буолбут дьол түһэ Үөрдүбүтэ сыбаайба. Үллэр күөстүү үөрдүһэн Үгүс сыллар аастылар. Үүннэ бүгүн сандааран Үбүлүөйдээх өҥ-далбар. Хос ырыата. Эһээ-эбээ диэн этиэх Элбээтиннэр сиэнчээннэр, Эһиил эмиэ үөрүүлээх Эҕэрдэлиир дьыл үүннүн.