Текст песни
Хобдох да курус сыллар,
Эйигинэ суох аастылар,
Олох улуу муоратыгар,
Долгунугар састылар.
Сайын ааһан, күһүн кэлэн,
Хагдарыйбыт аар хатын,
Сэбирдэҕин оргууй аҕай,
Сир ийэҕэ тамнааттыыр.
Тыйыс тыаллаах тымныы түүн,
Баҕар күһүн, баҕар кыһын,
Мин сылаас тыыным эйиэхэ тиийиэхтин.
Дьоллоох да, үтүө да,
Үүт үрүмэ сылларым,
Үгүс үтүө өйдөбүлэ,
Эйигинэ суох өлбөөркөй.
Ол эрэн, эн эрэн,
Эйигинэ суох мин сатаан,
Бу курдук олоруоҕум,
Санньыар хобдох олохпунан.